КОМСОМОЛ КҮНЭ

Алтынньы 29 күнэ, биир бастыҥ урукку кэми санатар бэлиэ күммүт — Комсомол күнэ сылын аайы бэлиэтэнэр. Ол курдук, быйыл Саха сиригэр Комсомол тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх күҥҥэ Өнөр нэһилиэгин түөлбэлэрэ олохтоохтор комсомол эрдэҕинээҕи хаартыскаларын түмэн, эҕэрдэ нүөмэрдээн, араас ньымалары туһанан медиа стенгазета оҥорон, «Тускул» инстаграм страницатыгар таһааран эҕэрдэлээтилэр.